Pesni.guru - сайт для Гуру
Билэҕин дии таптыырбын,
Билиммэтэрбин даҕаны.
Этиий миэхэ, эн этиий,
Уоллаахпын диэн кистээмэ...
Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.
Тоҕо куотар курдуккун?
Атын сири көрөҕүн?
Куттаныма, хомойуо,
Куhаҕаннык саныа диэн...
Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.
Другие названия этого текста
- Айыы уола - Оччоҕуна хайыамый... (0)
- Айыы уола - Оччоҕуна хайыамый... (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1