Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Галя Виноград - Таҥнарыма | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Сүрэхпин көмүстүү уулларан,
Олохпор соһуччу эн киирдин,
Сүргэбин бүтүннүү долгутан,
Оспоттуу, сүппэттии эн иҥтин.

Эн аттыгар таптал уота тыгар,
Ырааттаргын сүрэх - суохтуур, кэтэһэр,
Аптаах иэйиигэ куустаран ылаары,
Ылларбыт бэйэтэ күүскэ-күүскэ тэбэр.

Хос ырыата:
Тапталбын таҥнарыма,
Уйан дууһабын ытатыма,
Бэриммит сүрэхпин харыстаа,
Эн биһи иккини алгыстаа.
Уһуктар күнүм эн буоллун,
Утутар ыйдаҥам эн буоллун,
Айыллар ырыам матыыба эн буоллун.

Испиттэн тахсар сардаҥаны
Сатаан кистээбэт эбиппин,
Сүрэхпэр тиэрдэр даланы
Туоруурга бэлэммин.

Эн аттыгар таптал уота тыгар,
Ырааттаргын сүрэх - суохтуур, кэтэһэр,
Аптаах иэйиигэ куустаран ылаары,
Ылларбыт бэйэтэ күүскэ-күүскэ тэбэр.

Хос ырыата:
Тапталбын таҥнарыма,
Уйан дууһабын ытатыма,
Бэриммит сүрэхпин харыстаа,
Эн биһи иккини алгыстаа.
Уһуктар күнүм эн буоллун,
Утутар ыйдаҥам эн буоллун,
Айыллар ырыам матыыба эн буоллун.

Эн аттыбар бааргына туохтан да толлубаппын,
Иннэн охтуом, сүтүөм диэн куттаммаппын,
Үөрэбин бу халлаан анныгар буоларбыттан,
Биир суолунан айанныырбыттан.

Бүгүн үйэ тиийбэт курдук ахтылҕан таһаарарга,
Элбэх түгэннэри эн аттыгар атаарарга,
Курус санаа күүрэн эрэр тапталбыттан,
Сүрэх тэбиитэ күүһүрэр эн тылларгыттан.

Ардах тохтообот сиригэр,
Дууһам ытыыр ырыатын кистиэм,
Баҕардар сэрэйиэн, тыал кэриэтэ тиийэн кэлиэн,
Оргууй иилиибиттэн сиэтиэн, ханна да ыыппаппын диэн...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -