Pesni.guru - сайт для Гуру
Тиһэх сардаҥа тиэтэйэн
Долгун устун ойуолуур,
Ойон иһэн, бүдүрүйэн,
Охтон ууну ойуулуур.
Уҥуор эрдии элэҥниир,
Тыы устан сундулуйар,
Талаанныран килэҥниир -
Бүлүү эбэм улуутуйар.
Ыраас ууга сэрэнэн
Ый алтанын суурайар,
Кыыс ырыатыгар бигэнэн
Киэһэ Бүлүүм нухарыйар.
Другие названия этого текста
- Санита Ай - Киэһээҥҥи Бүлүү (1)
- Неизвестен - Киэьээ Булуу нухарыйар (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1